ЧУРАПЧА Live

Переслано из НВК «Саха» Открыть оригинал

🧊🌐«Бриллианты Якутии» аан дойдутааҕы муус уонна хаар скульптураларын куонкуруһун блицтурнира саҕаланна

❄️Дьокуускайга Орджоникидзе болуоссатыгар бүгүн «Кыым Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн «Бриллианты Якутии» норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус муус скульптураларыгар блицтурнирга старт бэрилиннэ.

❄️Бастыҥ маастардар ааттарын иһин Россия араас регионнарыттан, Индияттан, Кытайтан, Монголияттан уонна Беларусьтан, ону тэҥэ Саха сириттэн 20-тэн тахса хамаанда күрэхтэһэр.

❄️Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытыгар кыттааччылары уонна ыалдьыттары куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Андрей Лебедев уонна «Северное сияние» муус пааркатын директора, Саха өрөспүүбүлүкэтин муус маастардарын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Алексей Демьянов эҕэрдэлээтилэр.

Андрей Лебедев маастардар айбыт үлэлэрэ Дьокуускайы киэргэтиэхтэрэ уонна олохтоохторго дьиҥнээх ускуустуба айымньыларын көрөн сөҕөр кыаҕы бэлэхтиэхтэрэ диэн бэлиэтээтэ.

Кини этэринэн, скульптураларга Саха норуотун материальнайа суох нэһилиэстибэтэ көстүөҕэ, оттон фигуралар бэйэлэрэ куорат эйгэтин тилиннэрэргэ, киэргэтэргэ уонна бырааһынньыктааҕы санааны толорорго көмөлөһүөхтэрэ.


— диэтэ Андрей Лебедев. Кини куонкурус ыытылларын өйөөбүт спонсордарга махталын биллэрдэ.

❄️Быйыл блицтурнир тиэмэтэ Дьокуускай төрүттэммитэ 395 сылыгар ананар. Маастардар муустан фигуралары икки күн, сэтинньи 22-23 күннэригэр оҥоруохтара.💠

Видео: Киин куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата

Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал

Другие публикации канала ЧУРАПЧА Live

Все публикации канала