ЧУРАПЧА Live

Переслано из НВК «Саха» Открыть оригинал

⚡️Өлүөнэҕэ «Хивус»-тар дьону салгыы таһаллар

Күн аайы Дьокуускайтан уонна Аллараа Бэстээхтэн «Хивус» салгын олбохтоох суудуналар дьону таһаллар. Билиҥҥи кэмҥэ бу хайысхаҕа уонча кэриҥэ тиэхиньикэ үлэлиир. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Суудуналар күннэтэ 07:00 чаастан 20:00 чааска диэри үлэлииллэр.

Тариф чопчу ыйыллыбыт – 2500 солкуобай. «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа пуойаһын пассажирдарыгар трансфер сыаната 2200 солкуобайга тэҥ.

Салгын олбохтоох суудуналар «Хатас – Павловскай» хайысханан кыһыҥҥы массыына суола аһыллыар диэри дьону таһыахтара.

Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал

Другие публикации канала ЧУРАПЧА Live

Все публикации канала