ЭНСИЭЛИ НОВОСТИ. НАМСКИЙ УЛУС

✨🌟Күннээҕи гороскоп

💫Балаҕан ыйын 19 күнэ

♈Хой

Эйигин истиэн баҕарбат дьоҥҥо кырдьыгы дакаастыы сатаама, туһата суох. Ол оннугар күүскүн биир улахан дьыаланы быһаарарга уур, ол кэнниттэн дуоһуйа сынньан.

♉Оҕус

Күннээҕи үлэҥ-хамнаһын эмискэ уларыйыан сөп. Туора киһини истэн, малы-салы соһуччу атыылаһыма. Бириэмэни ыксата сатаама.

♊Игирэлэр

Истэр сонуҥҥар барытыгар итэҕэйимэ. Бүгүн мөккүөргэ олох кыттыһыма. Киэһэ интэриэһинэй идеялар киириэхтэрэ.

♋Араак

Тугу саныыргын аһаҕастык этин. Чугас дьонуҥ санааҕын таайбаттар. Өйдөспөт буолуу түгэнигэр, ыгылыйыма, урукку хом санааларгын этинимэ.

♌Хахай

Атын дьон сынньалаҥын тэрийэртэн аккаастан. Чахчы интэриэһинэй диэбит көрсүһүүлэргэр сырыт.

♍Кыыс

Бүгүн дөкүмүөннэргин сааһыланаргар, ыйдааҕы үпкүн-харчыгын ааҕынаргар табыгастаах күн.

♎Ыйааһын

Соһуччу көрсүһүү кэнниттэн уруккуну төнүннэрэргэ ыксаама. Эппиэт биэриэҥ иннинэ толкуйдаа, өйгүн-санааҕын сааһылаа.

♏Скорпион

Наар биир хартыынаттан сылайбыккын. Ханна эрэ баран күүлэйдээн, эбэтэр айаннаан, сэргэхсийэр кэм кэлбит.

♐Охчут

Чугас дьоҥҥор элбэҕи эрэннэримэ. Киэһэ элбэх дьыаланы оҥоро сатыахтааҕар, бииргэ болҕомто уурар ордук буолуо.

♑Чубуку

Дьиэтээҕи түбүктэргин дьоҥҥор наардаан үлэлэт, долгуйума, хонтуруоллаама. Бэйэҕэр сынньалаҥна көҥүллээ.

♒Күрүлгэн

Субуота күҥҥүн сынньалаҥҥа, сөбүлүүр дьарыккар анаа.

♓Балыктар

Кыратык тохтуу түһэн, бу күнү холкутук атаар. Токсичнай дьону кытта алтыһыма, ис туруккун харыстаа.

https://max.ru/channel_gazetaensieli

✨🌟Күннээҕи гороскоп 💫Балаҕан ыйын 19 күнэ ♈Хой Эйигин истиэн баҕарбат — фото 1
Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал

Другие публикации канала ЭНСИЭЛИ НОВОСТИ. НАМСКИЙ УЛУС

Все публикации канала