ТААТТА_НОВОСТИ
🔅СЭРЭДЭ РУБРИКАТА: БИИР КЭПСЭЭН
ВАЛЕРА
Эргэ хаартыскаҕа бостуук Валера баарын көрөммүн кинилиин бииргэ үлэлээбит биир сайылык сайынын санаан кэлэн Валера туһунан кэпсииргэ сананным.
Армияттан кэлэрбин кытта өр гыммакка отделение механига Коля көрсө түһээт: «Трактористыы киириэҥ этэ... биир Беларусь трактор баар», - диэн үлэҕэ ыҥырбытын ылынан, биир сыл трактористаан баран, аны суоппар буолар эбиппин диэн, СПТУ-18 бүтэрэн, суоппар праватын ыллым. Отделение управляющайа: «Пока массыына суох, онон массыына көстүөр дылы быстах үлэҕэ окко көлө-илии звенотугар, биитэр Ынах күөлүн сайылыгар бостуук үлэтэ баар», - диэтэ. Мин кыра эһээхий оҕолоох саҥа ыал киһи быһыытынан дьоммуттан чугас сылдьаары, бостуук үлэтигэр сөбүлэстим. “Сайылыкка Валера Софронов бостууктуу сылдьар, онон кини дьаһалыгар киирэҕин. Ханна олороргун ферма старшайа Баһылай Маалыһап быһаарыа», - диэн буолла. Ынах күөлэ билэр сайылыгым. Табаарыһым Валентин ол сайылыкка улааппыта, инньэ гынан оҕо сылдьан киниэхэ хаста эмит хоноһолоон, элбэхтэ кэлбит-барбыт алааһым...
...Онтон Баһылай Баһылайабыс Маалыһап туһунан кэпсээтэххэ, бэрт киһи барытыгар бэрт диэбит курдук, ферма наставнига совхоз, оройуон хас да төгүллээх чемпион ыанньыксыта, үлэһит бэрдэ этэ. Сүрэх, сатабыл диэн киниэхэ баар эбит этэ. Мин саамай сөхпүтүм диэн кини ырааһа. Титиик иһигэр киирдэххэ, ала-чуо кини тутан турар сирэ ыраахтан кылбачыйан көстөр ыраас буолар. Барыта бэрээдэк, барыта орун-оннугар. Ону ааһан кини ынахтара титиик иһигэр ыана туран ииктээбэттэр, саахтаабаттар даҕаны. Биир эмит сүөһү ииктээри кутуругун көтөҕөн эрэрин көрдөҕүнэ, сүүрэн тиийэн биэдэрэ тоһуйан биэрэр уонна «туохтан эмиэ кыыһыран бу дьаабыланныҥ» диэн тэҥҥэ кэпсэтэ, мөҕө турар буолааччы...
Сиһилии:https://xn--80aaa3eca.xn--p1ai/valera/
@taattagazeta
@ulusmedia Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал