ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

@id1415008873_gos2
Видео 🔹Ытыктабыллаах нэһилиэктэр баһылыктара, дьокутааттар, олохтоох бэйэни салайыныы тиһигин бары үлэһиттэрэ, муниципальнай сулууспа бэтэрээннэрэ!   🔹Эһигини - Олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн улууспут олохтоохторун, тус бэйэм ааппыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!   🔹Олохтоох бэйэни салайыныы - дойдубут сайдыытын тирэҕэ, нэһилиэнньэ эрэлэ уонна сомоҕолоһуута буолар. 🔹Дойдубут, дьоммут - сэргэбит туһугар бэриниилээх, таһаарыылаах үлэҕит иһин хас биирдиигитигэр махталбын биллэрэбин. 🔹Бэйэни салайыныы бар дьоҥҥо ордук чугас, быһаччы хас биирдии улууспут олохтооҕун кытары алтыһан үлэлиир салалта кэрдииһинэн буолар. 🔹Бу түгэҥҥэ күнү-түүнү аахсыбакка, олохтоох бэйэни салайыныыны киллэрсибит, улууспут сайдыытыгар үлэлээн кэлбит бэтэрээннэрбитигэр дириҥ ытыктабылбын тиэрдэбин. Эһиги саҕалаабыт үлэҕитин салҕыыбыт, үлэ үтүө үгэстэригэр олоҕуран ыччаттарбытын иитэбит.   🔹Бар дьоммут бигэ туруктаах буолалларыгар туһуламмыт үлэбит таһаарылаах буоллун, хас биирдиигитигэр чэгиэн туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын! 🔹Тапталлаах улууспут үүнэ-сайда, чэчирии тур! 📱 @dmitriytikhon0v 💬МАХ сыһыарыыга суруттар- https://max.ru/id1415008873_gos2
Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал