МАЙА СОНУННАРА

@id1415009940_gos
Фото Бүгүн, алтынньы 30 күнүгэр, олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн, Майа сэлиэнньэтин килбэйэр киинигэр турар «Дьол түһүлгэтэ» уопсастыбаннай холбоһук дьиэтигэр тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннас эр дьонун кыттыылаах субуотунньук ыытылынна. Манна «Манчаары» аатынан спортивнай-чэбдигирдэр киин, Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын, «Мегинострой» ПК, Олох-дьаһах коммунаалынай хаһаайыстыба тэрилтэ, Майа олохтоох дьаһалтатын, «Түмэн» уопсастыбаннай холбоһук, Майатааҕы бэтэрээннэр Сэбиэтин эр дьоно кыттыыны ыллылар. Суббуотунньук улахан иэмтэлээх бөҕү тиэйииттэн саҕалаан, сирин-уотун харбааһыҥҥа, тиэргэнин ыраастааһыҥҥа, гаас оһох чаанын тардар тэрил таһырдьа тахсар сирин булларыытыгар тиийэ ыытылынна. Суббуотунньугу өйөөн кэлбит тэрилтэлэрбитигэр махтал бастыҥын аныыбыт! Инникитин даҕаны күүс-көмө буола туруоххут диэн бигэ эрэнэбит. Майа олохтоох дьаһалтата
Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал