Образование Нюрбинского района
Сэтинньи 6-7 күннэригэр Саха норуотун үгэс буолбут култууратын харыстааһыҥҥа уонна тарҕатыыга туһуламмыт "Оһуокайдаан ойуохха – эһиэкэйдээн тэйиэххэ!”
оҕо оһуокайын күрэһин улуустааҕы түһүмэҕин көрүүтэ бэрт сэргэхтик ыытыллан түмүктэннэ.
Күрэҕи Ньурба оройуонун Култуураҕа уонна ыччат бэлиитикэтигэр департамена, Ньурба оройуонун Оһуокай түмсүүтэ тэрийэн ыытта.
Тэрээһиҥҥэ барыта 24 оҕо: Малыкай, Маар, Күндээдэ, Таркаайы нэһилиэгиттэн, Ньурба куоратыттан кыттыыны ыллылар. Хас биирдиилэрэ бэйэлэрин дьоҕурдарын, айар кыахтарын, норуот үгэстэригэр тапталларын биллэрэн талааннарын көрдөрдүлэр.
Күрэх түмүгүнэн:
(7-12 с. Оҕолорго)
I Үрдэл - Сидоров Вова (Ньурба)
Il Үрдэл - Григорьева Аделина (Маар)
Ill Үрдэл - Сидорова Айаана (Ньурба) буоллулар.
(13-17 с. Оҕолорго)
I Үрдэл - Степанов Вова (Ньурба)
Il Үрдэл - Григорьева Маргарита (Малыкай)
Ill Үрдэл - Иванова Марьяна (Ньурба) буоллулар.
"Өбүгэ үгэһин утумнааччы" анал ааты Семенова Виола (Таркаайы), "Удьуор утумнааччы" анал ааты Андреев Андрей (Малыкай), "Кэскиллэх этээччи" анал ааты Филиппов Геннадий (Ньурба), "Хомоҕой хоһоонноох этээччи" анал ааты Григорьев Арсен (Күндээдэ) ыллылар.
Бу оҕолор салгыы Дьокуускай куоракка тиийэн, түмүктүүр түһүмэххэ, өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан тиийбит талба талааннаах оҕолору кытта күөн көрсүөхтэрэ.
Оһуокайдьыт оҕолорбутугар ситиһиини баҕарыаххайыҥ, түһүлгэҕит кэҥээтин, көмүс күөмэйгит чөллөрүйдүн, хоһуйуугут хойуннун! Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал