ГБУ РС(Я) "Нюрбинский театр"
🎭Бүгүн, саха уус-уран литературатын классига, биллиилээх уопсастыбаннай деятель А.И.Софронов-Алампа төрөөбүтэ 140 сылын туолар күнүгэр айар талааннаахтары өссө үрдүккэ көҕүлүүр, кини талааннарыгар сүгүрүйэр биир суолталаах тэрээһин - Алампа бириэмийэтин туттарыы Саха академическай тыйаатырын сценатыгар буолла.
🎭Ньурба тыйаатырыгар 56-с сылын бэриниилээхтик айар-тутар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыската Александра Кривогорницына “Чаҕылхай артыыска” диэн ааты ылла.
🎭Бу улахан бириэмийэни Ньурба тыйаатырыттан 2020 сыллаахха уус-уран салайааччы, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Юрий Макаров («Дэгиттэр режиссер»), 2021 сыллаахха СӨ норуодунай артыыската Валентина Николаева («Чаҕылхай артыыска») ылбыттара биллэр.
🎭Александра Кривогорницына:
“Бу үрдүк сценаттан үөрэн-долгуйан тураммын Алампа уопсастыбаннай бириэмийэтин лауреата буолбуппунан сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан, бары тэрийээччилэргэ,Өрөспүүбүлүкэ тыйаатырдарын диэйэтэллэрин сойууһугар,тапталлаах Ньурбам тыйаатырыгар уонна күндү көрөөччүлэрбэр барҕа махталбын тиэрдэбин! Уруккулуур удьуордарбыт Уруйдаабыт олохторун
Умнубаккасылдьаммыт,
Уһатан-кэҥэтэн иһиэҕиҥ!
56 сыл ынараа өттүгэр ыра санаабын толорон дьылҕам миигин Ньурба тыйаатырыгар сирдээн аҕалбытыгар махтанан туран этэбин -
Мин үрдүк аатым өрүү аҥардас Артыыс аатын сүгүү!” 🎭Ньурба тыйаатыра
сайдарыгар күүһүн-уоҕун, сатабылын барытын уурар, үлэтэ-хамнаһа ситиһиилээх буоларыгар мэлдьи туруулаһар аҕам саастаах доҕорбутунан,кэллиэгэбитинэн киэн туттабыт.
🎭Чаҕылхай артыысканы, күндү кэллиэгэбитин Александра Константиновнаны уонна бары лауреаттары саха литэрэтиирэтин төрүттээччи, суруйааччы, драматург, суруналыыс Анемподист Софронов — Алампа аатынан бириэмийэни ылбыккытынан истиҥ иэйиилээхтикэҕэрдэлиибит, эһиэхэ уруйдаах алгыспытын тиэрдэбит. Дьол-соргу тосхойдун, дьоһун олох туругурдун!Эһигинниин ситиһии сиэттистин, дуоһуйуу доҕордостун! 💐💐💐 Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал