МБОУ «Мархинская СОШ им К.Д.Уткина»
🤩 Оһуохай күрэҕэ — оройуоннааҕы сүүмэрдиир түһүмэх үрдүк таһымнаахтык ааста!
Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх оройуоннааҕы сүүмэрдиир түһүгэр уопсайа 24 эдэр оһуохайдьыт кыттан, өбүгэбит ытык үгэһин уонна тыл маастарыстыбатын үрдүк таһымҥа көрдөрдө. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн Дьокуускай куоракка оройуон чиэһин көмүскүүр үрдүк чиэскэ 10 оҕо тигистэ! Кинилэр ортолоругар Маалыкай, Маар, Күндээдэ нэһилиэктэрин уонна Ньурба куоратын эрэллээх ыччаттара бааллар.
Таркаайы нэһилиэгиттэн Моргусова Дайаана, Антонова Лиана уонна Семенова Виола олус көхтөөхтүк кыттан, бэйэлэрин маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр! 👏👏
🏆 Күрэх түмүгэ:
👶 7-12 саастаах оҕолорго:
• I Үрдэл — Сидоров Вова (Ньурба)
• II Үрдэл — Григорьева Аделина (Маар)
• III Үрдэл — Сидорова Айаана (Ньурба)
👦 13-17 саастаах оҕолорго:
• I Үрдэл — Степанов Вова (Ньурба)
• II Үрдэл — Григорьева Маргарита (Маалыкай)
• III Үрдэл — Иванова Марьяна (Ньурба)
✨ Анал номинациялар хаһаайыннара:
• «Өбүгэ үгэһин утумнааччы» — Семенова Виола (Таркаайы) 🎉
• «Удьуор-утумнааччы» — Андреев Андрей (Маалыкай)
• «Кэскиллээх этээччи» — Филиппов Геннадий (Ньурба)
• «Хомоҕой хоһоон этээччи» — Григорьев Арсен (Күндээдэ)
Кыайыылаахтары, анал аат хаһаайыннарын уонна Таркаайыттан кыттыбыт кыргыттарбытын ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Куоракка барар хамаандаҕа өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ситиһиини, бэртээх көрдөрүүлөрү уонна саҥа кыайыылары баҕарабыт! Сахабыт тыла оһуохай уотунан өрүү күөдьүйэ турдун! 🚀✊✨ Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал