МБОУ "Мальжагарская СОШ им. В.И. Максимова"

Бүгүн алтынньы 19 күнүгэр  Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар “Үрүҥ торуоска” аахсыйа чэрчитинэн 3 кылаас оҕолоругар медиаурок буолан ааста.  Аахсыйа сыала — хараҕынан мөлтөхтүк көрөр эбэтэр төрүт көрбөт дьон кыһалҕаларыгар болҕомтону ууруу, кинилэри өйдөөһүн уонна ытыктабыллаах сыһыаны үөскэтии. Оҕолор "Үрүҥ торуоска" аахсыйа хайдах үөскээбитин уонна туох суолталааҕын туһунан кэпсээни иһиттилэр. Көрбөт да буоллар олохторугар ситиһиилэри оҥорбут биллиилээх дьон холобурдарын кытта билсистилэр. Кинилэргэ анаан оҥоһуллубут кинигэлэр, тэриллэр туһунан информацияны ыллылар.

Тэрээһин сүрүн болҕомтотун СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, көрбөт бэйиэт, публицист, тылбаасчыт, сахалартан бастакы тифлопедагог, көрбөт дьоҥҥо аналлаах сахалыы алпаабыт ааптара Иван Николаевич Егоров – Горнай олоҕун уонна айымньытын сырдатарга уурулунна.

Ол кэнниттэн, оҕолор Брайль алпаабытынан туһанан тыллары "таһааран" көрөн, ону ааҕарга төһө эрэйдээҕин бэйэлэрэ боруобалаан биллилэр. Харахтарын баанан баран, араас тэриллэри илиилэринэн тутан-хабан таайа сатаатылар. Көрбөт киһиэхэ күннээҕи олоҕор, суруйарга да, ааҕарга да улахан күүһү-уоҕу, тулуурдаах буолууну эрэйэрин итэҕэйдилэр.

Уруок түмүгэр Иван Горнай "Сүрэхпинэн көрөбүн" диэн хоһоонугар айыллыбыт ырыа клибын Малдьаҕартан төрүттээх Мичил Моисеев уонна доҕотторо Роман Винокуров, Айыллаана Степанова толорууларыгар көрдүлэр, иһиттилэр.
Уруок кэмигэр оҕолор харахтарынан мөлтөх дьон кыһалҕаларын чугастык ылыннылар, кинилэр олохторун уустуга тугуй диэни өйдөөтүлэр.

Бүгүн алтынньы 19 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар “Үрүҥ торуоска” аахсыйа — фото 1
Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал

Другие публикации канала МБОУ "Мальжагарская СОШ им. В.И. Максимова"

Все публикации канала