Нюрбинская МЦБС
МАЙ ПРОКОПЬЕВИЧ ЕМЕЛЬЯНОВ ТӨРӨӨБҮТЭ 80 СЫЛА
(30.04.1946 – 31.12.2020)
Май Емельянов Дьаархан 4 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран 5-6-7 кылаастарга Маар оскуолатыгар интернаакка олорон үөрэнэр. Ол кэннэ үөрэҕин салҕыы Ньурба 1 № оскуолатыгар үөрэнэр.
Бу оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр кини инники олоҕун сүнньүн быһаарар түгэн тосхойор. Фотокружокка дьарыгыран хаартыска түһэрэргэ, бэчээттииргэ үөрэммитин таһынан милиция идэтин пропагандалыы оскуолаҕа бэсиэдэ ааҕаллар. Ону тэҥэ ЮДМ (юные дружинники милиции) оҕолору командаҕа киллэрэн милииссийэ идэтигэр сыһыаран бараллар.
Май Емельянов Маардааҕы СПТУ-га үөрэнэр кэмигэр, үөрэнэр дьиэлэрэ умайан хаалан курсааннары мас кэртэрэн, саҥа үөрэнэр дьиэ туттараллар. Емельянов Майы хаһыат таһаара үөрүйэҕин иһин мас үлэтиттэн босхолууллар. Уол тэҥнээхтэринээн бииргэ сылдьаары аккаастанан көрөр да ким эрэ эмиэ хаһыат таһаарыахтаах буоллаҕа.
Сиһилии бу сигэнэн ааҕыҥ
⬇️⬇️⬇️
https://lib.nrbr.ru/maj-prokopevich-emelyanov-tөrөөbүte-80-syla-30-04-1946-31-12-2020 Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал