СУНТАРСКИЙ УЛУС

@id1424005501_gos
Фото *Сунтаарга үөрэх уонна култуура эйгэтин тэрилтэлэрэ саҥа усулуобуйаҕа үлэлээн саҕалаатылар* 🔹️🔹️🔹️Быйыл саҥа тутуулары үлэҕэ киллэрии уонна дьиэлэри саҥардыы түмүгэр хас да тэрилтэ үлэлиир уонна үөрэнэр усулуобуйата биллэ тубуста. Сүрүн уларыйыылар политехническэй лицей саҥа дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киириититтэн саҕаланнылар. Манан сибээстээн, лицей урукку дьиэтигэр гимназия көһөн киирдэ. Урукку сылларга тымныы дьиэҕэ үөрэнэргэ күһэллэр гимназия үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара билигин сылаас, сырдык дьиэҕэ үөрэнэр кыахтаннылар. Ону тэҥэ, олохтоох бибилэтиэкэлэр урукку «Березка» оҕо уһуйаанын дьиэтигэр көһөннөр, билигин өрөмүөн үлэтэ ыытылла турар. Бу быһаарыы кииннэммит бибилэтиэкэ үлэтин кэҥэтэргэ уонна ааҕааччыларга табыгастаах усулуобуйаны тэрийэргэ туһуланар. Маны сэргэ, ыччат дьиэтэ эмиэ саҥалыы тыыннанан улуустааҕы ыччат бэлиитикэтин сайыннарар сүрүн былаһаакка быһыытынан үлэтин саҕалаата. Өрөмүөннэммит эбийиэктэргэ үлэ-хамнас хайдах тэриллэн эрэрин Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев көрдө. Кини тэрилтэлэр салайааччыларын уонна үлэһиттэрин көрсөн, инники былааннары уонна өрөмүөн хаачыстыбатын, ону тэҥэ оҕолорго уонна нэһилиэнньэҕэ табыгастаах эйгэни тэрийии боппуруостарын дьүүллэстэ. Бу ыытыллыбыт үлэлэр улуус киинигэр социальнай инфраструктураны бөҕөргөтүүгэ, үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ уонна култуура, ыччат эйгэтин сайыннарыыга улахан төһүү күүһүнэн буолуохтара. ✍️Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал