СУНТАРСКИЙ УЛУС

@id1424005501_gos
Видео КИЛБИЭННЭЭХ КИЛИМИЭН ААТА ОСКУОЛАҔА ИҤЭРИЛИННЭ! Төрөөбүт дойду алгыһа, эйигин үрдүктүк тутан үйэтитэрэ, ааккын дорҕоонноохтук ааттыыра бу буоллаҕа олоххо улахан ситиһии, суолталаах түгэн. Бүгүн Сунтаар 3 нүөмэрдээх оскуолатыгар Климент Егорович Иванов аата иҥэрилиннэ. Саха саарынын аатын үрдүктүк тутуохпут, кини саҕалаабытын салгыахпыт, өссө саргылыахпыт диэн ыччат мэктиэ тылын биэрдэ. Онуоха Климент Егорович ыччаттарга кэс тыла үлэлиэххэ, сайдыахха, бэриниилээх буолуохха диэн. Климент Иванов ытык сааһын бэлиэтиир күннэр ытык дойдутугар өрө көтөҕүллүүлээхтик, киһи сүргэтин көтөҕөрдүү аастылар. Бэл, элгээйилэр "Дьылҕа түстэниитэ" диэн кини оҕо сааһыттан саҕалаан олоҕун кэпсиир дьүһүйүү туруордулар. Оҕолор кини сырдык мэтириэтин иэйэ-куойа уруһуйдаатылар, бастаабыт хартыына хаһаайыныгар Климент Егоровичка тиийиэҕэ. Дойдулаах, дьонноох, дьоллоох киһи ытык сааһа бүтүн Саха сирин үрдүнэн өрөгөйдөннө. Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА, сэтинньи 18 күнэ, 2026 сыл.
Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал