МБОУ "Орто-Эбэнская ООШ" Усть-Алданского улуса

🌿 ☀ Сэтинньи 25 күнэ — Олоҥхо күнэ!

Олоҥхо — саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала.

2005 сыл сэтинньи ый 25 күнүгэр ЮНЕСКО Олоҥхону киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин үйэттэн үйэҕэ бэриллэр күндү баайа диэн аан дойду шедеврдэрин ахсааныгар киллэрбитэ. Бу улахан ситиһиибитин кэрэһилээн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо күнэ олохтоммута.

Алын сүһүөх кылаас оҕолорун толорууларыгар С.С. Васильев - Борогонскай "Эрчимэн Бэргэн" олоҥхоттон быһа тардыы

Олоҥхобут көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, үйэлэргэ дуораһыйа турдун!

#моймирОлонхо #НавигаторыДетсва14 #НавигаторыДетсва #Минпросвещения #Росдетцентр

Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал

Другие публикации канала МБОУ "Орто-Эбэнская ООШ" Усть-Алданского улуса

Все публикации канала