МБОУ "Чакырская СОШ им. С.С.Яковлева-Эрилик Эристина"
Алтынньы ый 8 чыыһылатыгар Дьокуускай куоракка, Модун уораҕайыгар оскуола оҕолоругар республикатааҕы сезон арыйыы турнира буолан ааста.
Уопсайа 113 күрэсчит , 6 хамаанда күөн көрүстүлэр. Чурапчы хамаандатыттан 5 оҕо кыттыыны ылла. 4 оҕо Хатылыттан уонна Чакыртан биһиги оскуолабыт 8 кылааһын үөрэнээччитэ - Эрсан Алексеев.
Күрэх түмүгүнэн Чурапчы хамаандатыгар 2 мэтээл кэллэ.
Ол курдук 4 бөлөххө (2013-2014) Барашкова Сааскылаана 2 миэстэ,
5 бөлөххө (2011-2012) Алексеев Эрсан 3 миэстэ (тренер Михайлов К.Н.) буолары ситистилэр.
Биһиги уолбут Эрсан олус үчүгэй көрдөрүүлэри көрдөрдө. Эрсанҥа аны да улахан ситиһиилэр кэлэ туруохтара диэн баҕа санаабытын этэбит👏🏼👏🏼👏🏼уонна кыайыытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эрсан тренерыгар Кэскил Николаевичка истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит👏👏👏 Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал