📚💡Олоҥхо — саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала.
2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО Олоҥхону киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин үйэттэн үйэҕэ бэриллэр күндү баайа диэн аан дойду шедеврдэрин ахсааныгар киллэрбитэ. Бу улахан ситиһиибитин кэрэһилээн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо күнэ олохтоммута.
Олоҥхо уратыта — бөдөҥ айымньы, 30 тыһыынчаттан тахса строкалаах буолар. Фольклор бары жанрдара түмүллүбүт. Биир киһи өйүттэн айан ааҕар буолан, “Биир киһи театра” дииллэр. Баай хомоҕой, ойуулуур-дьүһүннүүр тыллаах.
Олоҥхо кистэлэҥэ — өлбөт-сүппэт сырдык тыыннаах идиэйэтигэр, кэрэхсэбиллээх киэбигэр, уран уус тылыгар.
Олоҥхо тутула: киириитэ (аан дойду айыллыыта, бухатыыр төрдө-ууһа, сирэ-дойдута, сэбэ-сэбиргэлэ, таҥаһа-саба), төрүөтэ (абааһы аймаҕа саба түһэр, кыыһы уорар), сайдыыта (бухатыыр сырыыта-айана), чыпчаала( өлөр-тиллэр охсуһуу мөккүөрэ), сөллүүтэ (бухатыыр кыайан, Айыы дьонун быыһаан, орто дойдуга кэлэр), түмүгэ (кинини уруйдаан, Айыы дьоно ыһыах ыһар).
Олоҥхо уобарастара — Айыы бухатыырдара (Ньургун Боотур, Эрчимэн Бэргэн, Үрүҥ Уолан уо.д.а), абааһы бухатыырдара (Уот Уһутаакы, Тимир Ыйыста Хара уо.д.а.), мифологическай уобарастар (Аан Алахчын, Үрүҥ Аар Тойон, Дьылҕа Тойон уо.д.а.), дьахталлар уобарастара (Айыы Умсуур удаҕан, Айталы Куо, Кыыс Ньургун уо.д.а).
Олоҥхо суолтата — киһи кыаҕын, күүһүн, өйүн, үтүөтүн, чулуутун уруйдуур. Киһи туһунан гимн. Киһини харыстыырга, сыаналыырга, үрдүктүк тутарга, норуот үгэстэрин тутуһарга, сахалыы сиэргэ-майгыга үөрэтэр. Олоҥхо күнэ 2006 сылтан, оччотооҕу Президент В.А. Штыров ыйааҕынан, сэтинньи 25 күнүгэр бэлиэтэнэр. https://max.ru/id1435340325_gos
Уважаемые родители (законные представители) и обучающиеся! В связи с повреждением…
Ҕҕҕҕ в.
❄️ "Моя музыкальная семья" конкурска ырыа, инструмент хайысхатыгар кыттыан ба5алаахтар…
«Про важное»: как рождается будущее Якутии ✨ Встреча школ Губинского…