НВК «Саха»
@sakha_nvk
🤩👏🏻ЭЙГЭ ФЕСТ: Бэс ыйын 11 күнүгэр Дьокуускай куоракка Орджоникидзе аатынан болуоссакка «Саха» НКИХ олох бары эйгэтин сырдатар «Эйгэ» биэрии «ЭЙГЭ ФЕСТ» бэстибээл тэрийдэ. Манна көрөөччүлэрбитигэр, нэһилиэнньэҕэ анаан социальнай суолталаах тэрилтэлэр - медицинэ эйгэтигэр доруобуйаларын туругун көрдөрүннүлэр, үөрэххэ туттарсар абитуриеннарга, кинилэр төрөппүттэригэр орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһалара идэлэри билиһиннэрдилэр, социальнай хантыраагы хайдах тэринэргэ, судебнай приставтан, хамсаабат баай-дуол салаатыттан тустаах исписэлиистэр, юрист сүбэ-ама биэрдилэр. Култуура хайысхатыгар араас хабааннаах маастар-кылаастарга үөрэннилэр. Бэстибээлгэ уопсайа 1522 киһи бу өҥөлөрү туһаммыт, мантан 802 киһи доруобуйатын туругун көрдөрүммүт, 470 үөрэх эйгэтигэр, 250 киһи социальнай хайысханы уонна 150 киһи маастар кылааска кыттыбыт. 3 түһүмэхтээх кэнсиэрбитигэр 133 киһи кыттыыны ылла, коллегарбытыгар, биэриибит доҕотторугар, эстрадабыт сулустарыгар уонна бу бэстибээлгэ бары кыттыыны ылбыт дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит. Дьоҥҥо көмөнү, тустаах ыйытыыларыгар хоруйу ылбыттара бу улахан ситиһии буолар. «Эйгэ» биэрии олох бары эйгэтигэр сирдьит, тирэх буолар. «Эйгэ» биэрии анал таһаарыытын бу сигэнэн көрүҥ: https://vkvideo.ru/video-211137588_456266984?t=10m56s
Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал