🌲Ойуур баһаардарын уопсай ахсааныттан аҥарын бүгүн умуруорар былааннаахтар
Бэс ыйын 19 күнүн сарсыардааҥҥы туругунан Саха сиригэр 4,2 тыһ га иэннээх 26 ойуур баһаара умайар. Мантан 12 уоту төгүрүйдүлэр — бүгүн умуруорар былааннаахтар.
Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплёв иһитиннэрдэ.
Ойуур баһаардара Амма, Алдан, Лиэнскэй, Мииринэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн, Таатта, Уус Алдан, Хаҥалас оройуоннарыгар бааллар.
Уоту умуруорууга 492 киһи уонна 35 тиэхиньикэ үлэлиир.
«Лиэнскэй оройуоҥҥа балаһыанньа тубуста. ЧС эрэһиимэ оройуоҥҥа улахан ойуур баһаара умуруоруллуор диэри үлэлиир. Бүгүн уоту төгүрүйэр былааннаахпыт. Нүөрүҥгүрү оройуонугар улахан ойуур баһаара хонтуруолга сылдьар. Үлэҕэ 88 киһи уонна 12 тиэхиньикэ кыттар», — диэн Коноплев бэлиэтээтэ.