Тимир уостаахтан эмсэҕэлээбит оҕо сүрэҕин аттыттан буулдьаны хостообуттар
М.Е. Николаев аатынан Национальнай медицина киинин хирурдара аҕыс саастаах уол түөһүттэн буулдьаны хостуур инвазивнай эпэрээссийэни ситиһиилээхтик оҥорбуттар.
Оройуоннааҕы балыыһаҕа аппараатынан чинчийии түмүгүнэн (рентген уонна КТ) быраастар сүрэх уҥа плевральнай өттүгэр туора эттиги булбуттар. Балаһыанньа олус кутталлаах - 5,3 мм кээмэйдээх буулдьа перикард аттыгар средостение инники салаатыгар баара. Ханнык баҕарар сыыһа хамсааһын ыарахан содулларга тиэрдиэн сөбө. Ол кэнниттэн ыарыһаҕы Үрдүк технологиялаах медицина көмөтүн оҥорорго Дьокуускайга көһөрбүттэр.
Буулдьаны хостуурга исписэлиистэр торакоскопическай ньыманы туһаммыттар. Буулдьа сүрэххэ чугас буолан эпэрээссийэ муҥутуур чуолкай уонна сэрэхтээх буолууну ирдиирэ.
Балыыһа сулууспатын пресс киинэ иһитиннэрэринэн, эпэрээссийэ кэннинээҕи кэм уустуга суохтук ааспыт. Оҕо толору чөлүгэр түһэн, дьиэтигэр таһаарбыттар.
⚡️Сегодня в Нерюнгри открыли обновлённое здание кожно-венерологического диспансера центральной районной…
🚌Мархаҕа оскуола оптуобустарын гарааһын чөлүгэр түһэрбиттэр Мархаҕа 2015 сылтан үлэлээбэтэх…
📺СЭТИННЬИ 28 КҮНЭ ☀️САРСЫАРДА 10.30 💠«КЭРЭ КЭПСЭЭН»
⚡️Южно-Якутская ТЭС начала работу! Сегодня вместе с Министром энергетики России…