Улус.Медиа | Новости Якутии
Бүлүү өрүһү туоруур кыһыҥҥы муниципальнай суол бүгүн, сэтинньи 12 күнүттэн, киэһээ 18:00 чаастан 3 тоннаҕа диэри массыыналарга арылларын биллэрэбит.
Мууһу халыҥатар, өрүһү туоруур суолу бэлэмниир үлэ алтынньы 23 күнүттэн ыытыллыбыта. Бүгүн өрүскэ тахсан муус халыҥын, анал бэлиэлэри, суол туругун Суол-иис пуондатын, ОАЗИС, ГИБДД, быыһыыр сулууспа "ГИМС МЧС России по РС(Я)", гражданскай оборона уонна ыксаллаах быһыы исписэлиистэрэ буолан бэрибиэркэлээтибит. Муус халыҥа, суол туруга бары ирдэбиллэргэ эппиэттиирэ бигэргэнэн айан сырыыта бүгүҥҥэттэн арыллыаҕа.
Суоппардары суолга сэрэхтээх буоларгытыгар, анал бэлиэтэммит сиринэн айанныыргытыгар ыҥырабыт!
#Автозимник
#Вилюй
#ВерхневилюйскийУлус
T.me/ValeriNikolaev Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал