Улус.Медиа | Новости Якутии

@ulusmedia
Видео “Идэһэ – 2026” атыы-эргиэн дьаарбаҥката олохтоохторго, ыалдьыттарга дьоро күнү бэлэхтээтэ 🐄 Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 2026-2028 сс. Олохтоох бэйэ оҥорон таһаарыы сылларынан биллэриллибиттэрэ. Бу сыллар чэрчилэринэн былааннаах үлэ-хамнас ыытыллар. Нэһилиэктэргэ элбэх саҥа хотоннор үлэҕэ киирэллэр. Бу сүөһү-ас энчирээбэтин туоһута. 🥩 Майаҕа бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр, “Манчаары” успуорт уораҕайыгар үтүө үгэскэ кубулуйбут улуустааҕы “Идэһэ – 2026”  атыы-эргиэн дьаарбаҥката олохтоохторго, ыалдьыттарга дьоро күнү бэлэхтээтэ. Сэлиэнньэҕэ сарсыарда 35 кыраадыс тымныы, тыала суох, күннээх күн турда. Бу күн нэһилиэктэртэн биир өрөбүлэ суох үлэлээн ылбыт астарын-үөллэрин атыылыы саха төрүт дьарыгын өрө тутар хаһаайыстыбалар, биирдиилээн дьиэ кэргэннэр араас тиэхиньикэлэринэн айаннаан кэлбиттэр. Ыраас айылҕалаах бэйэбит киэҥ нэлэмэн сыһыыларбытыгар үөскээбит-торолуйбут ынах, сылгы, убаһа, көтөр-сүүрэр эмис эттэрэ, муҥха сибиэһэй собото, үрүҥ ас, бурдук ас арааһа, оҕуруот бэрсибит быйаҥа иһирдьэнэн-таһырдьанан остуоллары томточчу толордулар. 🎙️ Дьаарбаҥка үөрүүлээх аһыллыытыгар улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, Майа  сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев өлгөм үүтү үрүлүтэр, эмис эти дэлэтэр чэрдээх илиилээх, тыа хаһаайыстыбатынан олохтоохтук ылсан дьарыктанар туруу үлэһит дьоннорун-сэргэлэрин эҕэрдэлээтилэр. Дмитрий Иванович: “Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир бастыҥ хаһаайыстыбаларбыт күннэтэ сыралаһан бэйэлэрэ оҥорон таһаарбыт астарын-үөллэрин атыылыы аҕалбыттарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Тыабыт хаһаайыстыбата инникилээх, тыабыт сирин кытта быстыспат ситимнээх. Онон, дьоммут-сэргэбит бигэ туруктаах буоллуннар, бэйэбит аспытын-үөлбүтүн аһаан чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах, уһун үйэлээх буоллуннар”, –  диэтэ. 👏 Бу күн атыылаһааччыларга волонтердар Дмитрий Федоров, Аскольд Винокуров, Вячеслав Окороков, Петр Олесов миэстэнэн эттэри, куулунан балыктары массыыналарын ааныгар диэри салааскаларынан соһон биэрэн сүҥкэн көмөнү оҥордулар. Ону сэргэ, түөрт сиргэ эт эрбээн биэрэр өҥө үлэлээн олус абыраллаах буолла. Онон, дьон-сэргэ туох да күчүмэҕэйи көрсүбэккэ, үөрэ-көтө атыылаһар усулуобуйалара олохтонон, өрө көтөҕүллэн сырытта. Сиһилии уонна элбэх хаартысканы БУ СИГЭНЭН киирэн билсиҥ ⬅️ @gazetaerkeii @ulusmedia
Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал