Переслано из «Эркээйи» Новости Мегино-Кангаласского улуса Открыть оригинал
💠 Сэтинньи ый 25 күнэ Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ сүүрбэттэн тахса сыл буолла. 2005 сыллаахтан ЮНЕСКО олоҥхону Аан дойду чулуу айымньытынан билиниэҕиттэн ыла саха дьоно дьэ өйдөнөн, олоҥхобут диэки эргиллэн, бу күнү киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиир буолбуппут.
🔹 Артыыс, суруйааччы, олоҥхоһут Гаврил Гаврильевич Колесов ийэбитинэн биһиэхэ аймахпыт буолар. Кини саҥаһа эмээхсин Харытыана биһигини кытта кыстыгынан, сайылыгынан ыаллыы олорор буолан, Хабырыыс Куолаһап биирдэ эмэ кэлэн, хонон-өрөөн барар буолара. Онуоха оҕонньоттор: «Бачча кэлбиччэ, ырыаҕын-тойуккун иһитиннэр эрэ», – диэн үүйэ-хаайа туттахтарына, хаһан да аккаастаабат этэ. Хап-хара куударалаах баттаҕын өрө силэйэн кэбиһэрэ, атаҕын оллооннуу уурара уонна дьэ туойан куйуһутара. Билигин санаатахпына, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардан толорор эбит! Онон Үрүҥ Үөт сайылыкка күһүҥҥү киэһэ олоҥхону Хабырыыс Куолаһап толоруутугар истибит дьоллоохпун.
🔸 Наахараҕа олоҥхо эмиэ өрө тутуллар кэмнэрдээх этэ. Ол курдук Тамара Романовна Афанасьева, Мелания Федоровна Анисимова кулуупка үлэлиир кэмнэригэр хаста да олоҥхону туруорбуттара.
🔹 Билиҥҥи кэмҥэ киэҥник биллэр олоҥхоһут Петр Максимович Тихонов – Тэрчи аан бастакы олоҥхоҕо сүрэхтэниитэ Наахараҕа буолбута диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Бэйэтэ да инньэ диэн ахтан аһарааччы. Кинини аймаҕа Февралина Николаевна Луковцева кэлин, биллэр олоҥхоһут буолбутун кэннэ, биир сайын Наахараҕа ыҥыран олоҥхону дьиэҕэ истии дьоро киэһэтин тэрийбитэ. Онно сүүрбэччэ буолан мустаммыт П.М.Тихонов – Тэрчи толоруутугар «Дьулуруйар Ньургун Боотуру» истибиппит. Кини 2 чаас устата тохтоло суох туойбута. Ис-иһиттэн иэйэн-куойан, илбиһирэн туран! Онно өйдөөбүппүт – ОЛОҤХО диэн сүдү айымньы буоларын, ураты тардар күүстээҕин!
Сиһилии ⬅️
Елена Прокопьева.
@gazetaerkeii
@ulusmedia
🎶🐶 Музыкальная собачка Белла покоряет сердца! Посмотрите, какая талантливая Белла…
📈 Максимальное пособие по уходу за ребенком вырастет до 95…
⚡️Сегодня в Нерюнгри открыли обновлённое здание кожно-венерологического диспансера центральной районной…
🏹 Якутские лучники успешно выступили на главных всероссийских соревнованиях 🏹🎯…