Улус.Медиа | Новости Якутии

Переслано из «Эркээйи» Новости Мегино-Кангаласского улуса Открыть оригинал

🪖 Бу дьыл сэтинньи 4-20 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай көмөнү тиэрдиигэ уон биирис төгүлүн улуустан бөлөх тэринэн баран кэллибит. Манна улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов, 1-кы Наахара нэһилиэгин баһылыга Иннокентий Исаков уонна мин сырыттыбыт.

📦 Барыахпыт балай эмэ инниттэн антах сылдьар уолаттарбытын кытта сибээстэһэн, туохха наадыйалларын билэн, ылыллыахтаах мал испииһэгин оҥорон, сүрүн малларбытын Артем Луковскай диэн Ростов-на-Дону куоракка олорор доҕорбутунан эрдэттэн атыылаһыннаран мустарбыппыт.

🤝 Улуустан биир байтаһын биэ этин, иһин Төҥүлүтээҕи «Хоту» ТХПК тэрилтэҕэ астатан, тоҥнуу суулатан, Майаттан 400 устуука кыра пластиковай бытыылкаларга кутуллубут уулаах отон сироптарын, Манчаары пуондатын нөҥүө атыылаһыллыбыт 100 устуука саха быһахтарын, 10 пончо, 30 накидка,  «Чоккай Ас» 260 устуука түргэнник буһар кэнсиэрбэлэрин, Ороссолуода орто оскуолатыттан хатарыллыбыт 80 устуука собо миинин, 100 устуука «Сайын амтама» диэн хатарыллыбыт оҕуруот астарыттан тумалары, Нөөрүктээйи оскуолатын үөрэнээччилэрэ, олохтоохторо хомуйбут уопсай малларын-салларын, 30 устуука улуус былаахтарын, 1000-тан тахса саа ботуруоннарын, нэһилиэктэртэн кэлбит ыһаарыламмыт соболору, бэрискилэри, онтон да атын аһы-үөлү, малы-салы улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ субуотунньуктаан суулаан, Өлүөнэ өрүһү салгын олбохтоох суудуналарынан туоратан илдьэ барбыппыт.

🙏 Улуустан хомуллубут таһаҕаспыт бэйэбитин кытта Дьокуускай-Москва-Минеральные Воды хайсханан самолетунан тиэллэн барыахтаах этэ. Мантан барар таһаҕас уопсай ыйааһына тонна кэриҥэ, кээмэйэ 4,5 куб.м. буолбута. Ол эрэн авиакомпания көҥүл биэрбэккэ, эбиитин рейспит тардыллан, сэтинньи 4 күнүгэр Москваҕа көппүппүт. Киэһэ 17:00 саҕана Москва куоракка тиийээт, таһаҕаспытын Ростов-на-Дону диэри грузовой массыына булан, 50000 солкуобайы төлөөн ыыппыппыт. Онтон киэһэ уолаттарбытын кэрийэрбитигэр диэн 350000 солкуобайга легковой Мазда MPV диэн массыына атыылаһан, үһүөн онон Ростовпутугар айаннаабыппыт, Москва-Ростов икки арда 1000 км. Түүнү быһа айаннаан сарсыныгар 11:00 чаас саҕана тиийэн Ростов аттынааҕы Аксай диэн куоракка балык сыаҕын (рыбный цех) морозильниктарыгар тоҥ аспытын укпуппут. Манна хас бардахпыт аайы буор босхо ити үлүгэр элбэх эппитин-аспытын харайтарабыт. Сыах салайааччыта Анна Устинова диэн, бастаан утаа тоҥорор сир көрдөөн дьон нөҥүө булсан баран, күн бүгүҥҥэ диэри тиийэ турабыт, үлэһиттэр үөрэ-көтө көрсөллөр.

❤️ Ростов-на-Дону эппитин-аспытын харайан баран аны эбии сакаастарбытын атыылаһан, өссө биир УАЗ Патриот массыына атыылаһан, госпиталга сытар Аллараа Бэстээх уолун көрсөн,  Ростов-на-Дону корат таһынааҕы Ленинакан диэн дэриэбинэҕэ баар Саха сирин ыскылаатыгар эрдэ Г.С.Куркутов салайааччылаах «Донбасска көмө уонна өйөбүл пуондата» тэрилтэ нөҥүө сиринэн ыытыллыбыт таһаҕастарбытын итиэннэ «Мегинские автомагистрали» ХЭТ успуонсардаабыт массыынатын ылан, сүрүн таһаҕаспытын тиэйэн илдьэргэ олохтоох Эдуард Магай диэн грузовой массыыналаах киһини кэпсэтэн, ДНР Мариуполь куоратыгар айаннаабыппыт.

Сиһилии уонна элбэх хаартысканы БУ СИГЭНЭН киирэн билсиҥ ⬅️

@gazetaerkeii
@ulusmedia

Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэллибит 🪖 — фото 1Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэллибит 🪖 — фото 2Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэллибит 🪖 — фото 3Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэллибит 🪖 — фото 4Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэллибит 🪖 — фото 5Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэллибит 🪖 — фото 6Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэллибит 🪖 — фото 7Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэллибит 🪖 — фото 8Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэллибит 🪖 — фото 9
Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал

Другие публикации канала Улус.Медиа | Новости Якутии

Все публикации канала