ЧУРАПЧА Live

#суруйаллар

🌟🌟🌟🌟🌟
Бэҕэһээ, Сахабыт сиригэр Олоҥхо күнүн көрсө олоҥхоһут, оһуохайдьыт, тойуксут, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Андрей Титович Титаров (Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх) суруйбут "Хардааччы Бэргэн" диэн Олоҥхо театрын (режиссер А.С.Борисов) этно-рок стилинэн туруорбут олоҥхо испиктээкилин биир тыынынан көрөн кэллим.

🌟🌟🌟🌟🌟 А.С.Борисов олоҥхо эпоһын аныгылыы этно- рок тыыныгар көһөрөн оҥорбут. Музыката традиционнай саха инструменнарын кытта бас- гитара олус уратытык иһиллэр. Испиктээкил 2022 сыллаахха бастакытын турбут, 2026 сыллаахха А.Т. Титаров 110 сааһын көрсө театральнай сезону арыйбыт.

🔥🔥🔥🔥🔥 Олоҥхоҕо сүрүн герой рок- музыкант буолан олоҥхо эйгэтигэр сылдьар.
Сүрүн герой Хардааччы Бэргэн дьылҕата, аан дойдуну араҥаччылыыра, аллара дойду абааһыларыттан өбүгэтин, дьиэ кэргэнин быыһыыр, харыстыыр түгэннэрэ көстөллөр. Үөһэ уонна аллара дойду абааһылара Алып Сэгэйээн диэн удаҕанныын киксиһэннэр Үрүҥ Илгэ күүһүн ыла сатыыллар. Хардааччы Бэргэн Аан Алахчынтан орто дойдуну араҥаччылыыр Үрүҥ Илгэ алгыһын ылан, араас мүччүргэннээх түгэннэргэ түбэһэн, ааһан Туналыкаан Куолуун билсиһэллэр, ыал буолаллар, Туналыкаан Куо игирэ кыыс, уол оҕолорунан хат буолар.
Ол кэмҥэ үөһээ дойду абааһыта Тимир Дьигистэй Туналыкаан Куону уоран ылар. Кэргэн ылаары гынар, хат буоларын билэн тимир тыаҕа хаайар. Алып Сэгэйээн удаҕан хара суор буолан Үрүҥ Илгэ күүһүн уорар. Үс дойдунан охсуһуу, киирсии буолар, Хардааччы Бэргэн күүһэ эстэн сыттаҕына Удаҕан эдьиий кыргыттарынаан кэлэн күүс биэрэн өлөн эрэр Туналыкаан Куону быыһыы ыыталлар, Үрүҥ Илгэ төннөр. Хардааччы Бэргэн уонна Туналыкаан Куо
сыдьааннара үс дойдуну көмүскүүр, араҥаччылыыр дьылҕаланаллар уонна орто дойдуга эйэлээх, дьоллоох олох буоларын туһугар туруулаһаллар. Олоҥхоҕо кэмиэдьийэ эпизодтара киирбиттэрэ көрөөччүнү күллэрэр кэмнэрдээх.
Олоҥхо театрын артыыстарыгар 👏👏👏уруй- айхал! ✊🏻✊🏻✊🏻

Биир дойдулаахпар, Анастасия Алексееваҕа өссө үрдүктэн үрдүк дабайыылары! Сиэрдээхтик өссө төгүл талааныгар сүгүрүйдүм, киэн тутуннум.🙌🙌🙌🌟❤️

✍ Александра Седалищева, СӨ уонна РФ доруобуйа харыстабылын туйгуна, Болтоҥо нэһилиэгэ.


#СэмэнЖендринскэй

#суруйаллар 🌟🌟🌟🌟🌟 Бэҕэһээ, Сахабыт сиригэр Олоҥхо күнүн көрсө олоҥхоһут, оһуохайдьыт, — фото 1
Если у вас установлено приложение,
вы можете сразу перейти в канал

Другие публикации канала ЧУРАПЧА Live

Все публикации канала