#күндьыл
🌖✨☁️❄️🌬💨 Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Чурапчы улууһугар сарсыарда 6 чааска -32С, салгын баттааһына 732мм, соҕуруулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 1 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах. Кыралаан хаардыа, күнүһүн -28-33 онтон түүнүн -37-42С кыраадыс тымныйыа.
🎄 Сыл бүтүө 35 күн баар;
🌎 Бүгүн - Информация аан дойдутааҕы күнэ;
☀️ Бүгүн Саха сиригэр Ил Дархан истипиэндьийэтин бастыҥ олоҥхоһуттарга, оһуохайдьыттарга, тимир уустарыгар уонна норуот маастардарыгар туттарыы күнэ;
📯📜 Бу күн, 1394 сыллаахха Сеул - Кэриэйэ киин куората буолбут;
🇲🇳 Бу күн, 1924 сыллаахха Монголия Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит - аан дойдуга иккис социалистыы судаарыстыба;
🛰 Бу күн, 1965 сыллаахха Франция бастакы "Asterix" спутнигын куйаарга көтүппүт;
📑 Бу күн, 1991 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун I сийиэһэ буолбут;
📌 Бу күн, 1992 сыллаахха Арассыыйаҕа хостонор алмааһы кыраныысса таһыгар "Арассыыйа-Саха алмаастара" эрэ атыылыахтаахтарын туһунан ыйаах тахсыбыт;
⚔ Бу күн, 1994 сыллаахха Чэчиэн оппозициятын этэрээттэрэ Грознайы ыла сатаабыттара табыллыбатах;
📄 Бу күн, 2008 сыллаахха Ил Түмэн уурааҕынан Эдьигээн улууһа "эбэҥки национальнай улууһа" диэн статустаммыт;
🎂 Бу күн, Швейцария тыл үөрэхтээҕэ Фердинанд же Соссюр, Саха сиригэр төрөөбүт нуучча аҕабыыта Григорий Попов, прозаик, очеркист Герасим Бястинов-Бэс Дьарааһын, Социалистыы Үлэ Дьоруойа Матвей Спиридонов, Мындаҕаайыттан биллэр механизатор, улуус дьокутаата, "Сайдыы" б/х баһылыга Данил Павлов күн сирин көрбүттэр.
#СэмэнЖендринскэй
🟢Отбивные в картофельном кляре💚 Вам понадобится: • филе куриной грудки…
Звезды говорят ГОРОСКОП на 26 НОЯБРЯ ОВЕН День пройдет довольно…
🤝🤝🤝 БИЛСИҺИҤ: СӨДҮӨТ АЛЫНЫ (👀👂🏻👂🏻Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга) 🎨 Кини өҥү кытта…
#суруйаллар 🌟🌟🌟🌟🌟 Бэҕэһээ, Сахабыт сиригэр Олоҥхо күнүн көрсө олоҥхоһут, оһуохайдьыт,…